Мин тылым — тохтор тойугум,
Мин тылым — мин туойар хомуһум.
Кэриэһим — кэннибэр хааларым:
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым…
П.А.Ойуунускай
Күндү Дьокуускай куорат ытык-мааны олохтоохторо, төрөөбүт төрүт тылбыт — саха тылын күнүнэн! Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун!
Ежегодно 13 февраля в Якутии отмечается День родного языка и письменности. Праздник был учрежден указом первого президента республики Михаила Николаева в 1996 году.
Дата приурочена ко дню рождения первого якутского лингвиста-ученого выдающегося просветителя, демократа, основоположника массовой письменности, автора первых учебников на якутском языке Семена Новгородова.
Олох ханнык да түгэнигэр
Ийэ тылтан абыралы булуоҥ,
Кини баай байҕалыгар тиксэҥҥин,
Баай дууһаланыаҥ, өлбөт өйдөнүөҥ…
Семен Данилов